Номинация участия: Изобразительное искусство
Семен Петрович Данилов, Саха норуодунай поэта төрөөбүтэ 105 сыла.
Табалар
Сарсыарда, сарсыарда
Күн ойдо, куйаарда,
Күүгэстиин кумаардыын
Күүгүнүү куйаарда.
Бу кэмҥэ табалар
Тыалартан тахсаллар:
Буураттар, тыһылар,
Кыракый тугуттар.
Түүлээннэр, быыһыктар
Түүлэрэ кыбыастар,
Муостара түүлээхтэр,
Муостуйа иликтэр.
Куйааска кумаардар
Табаны муҥнууллар.
Куйаастан кумаартан
Табалар куоталлар.
Ол иһин анааннар,
Табаһыт сахалар
Хартаама туппуттар
Күөх ойуур быыһыгар.
Хартаама иһигэр
Сөп-сөрүүн, үчүгэй.
Күн аайы
Кумаары,
Күүгэһи
кыйдаары,
Табаһыт эрэттэр
Түптэлиир эбиттэр.
Түптэни үүтээҥҥэ
Түптэлиир буоланнар,
Тугуттар мэниктээн,
Түптэни дэҥ үктээн,
Тыстарын сиэппэттэр.
Кэбинэ-кэбинэ,
Ийэлэрин эмэллэр…
Чуумпуга, сөрүүҥҥэ
Табалар сыталлар.
Киэһээ күн киириитэ,
Окко сиик түһүүтэ
Табалар
тахсаллар,
Сыһыыбар
сырсаллар.
Учреждение: ГБПОУ СПО ЯХУ(колледж) им. П.П. Романова, г. Якутск Республика Саха (Якутия)
Название работы: "Табалар" Семен Петрович Данилов
Руководитель: Пахомова Екатерина Дмитриевна Пахомова Екатерина Дмитриевна
3 группа «Средняя» - 13-17 лет